Скачай приложение здесь!
Обращайся
Администрация СП "Мукучунский наслег" МР "Кобяйский улус(район)" РС(Я) 18.11.2023 10:04:58
Рекомендуем

“Идэһэ 2023” быыстапка-дьаарбаҥка

Тыа киһитэ күүтэр кэминэн үлэ сылыгар, тыа хаһаайыстыбатын күнүгэр аналлаах “Идэһэ - 2023” быыстапка-дьаарбаҥка сэтинньи 17 күнүгэр буолла. Саха дьоно доруобай, чөл буолар туһуттан өбүгэлэрбит астарын аһаары сүөһү көрөн, сылгы иитэн түбүгүрэр. Бу дьоро күҥҥэ Мукучубутугар оҥоһуллубут араас бородууксуйалары көрдүбүт, кыстыыр аспытын хаһаанныбыт. “Илии сылааһа” республикатааҕы иистэнэр сыах (сал. Саввина И. Е.) волонтердара күндү ыалдьыт буоллулар. Илии тутуурдаах, өттүк харалаах бардылар. Наҕараадалааһын концеры кытта эҥэрдэһэн ыытылынна. “Сыл бастыҥнарынан” ааттаннылар: “Бастын отчут” - ЛПХ Новиков Егор Сергеевич. “Элбэх сүөһүлээх” - ЛПХ Ноговицын Василий Иванович. “Элбэх сүөһүлээх” - ЛПХ Павлов Александр Кириллович. “Элбэх сылгылаах” - ЛПХ Новиков Егор Сергеевич. “Элбэх сылгылаах” - ИП ГКФХ Дьяконов Аркадий Петрович. “Эдэр сүөһү иитээччи” - эдэр дьиэ кэргэн Сергей Валерьевич, Туяра Ивановна Ивановтар. Быыстапка-дьаарбаҥка түмүгэ биллэрилиннэ: “Эмис ынах этэ” - Ноговицына Анастасия Дмитриевна. “Эмис убаһа (сылгы) этэ” - ИП ГКФХ Дьяконов Аркадий Петрович. “Сатабыллаах атыыһыт” - Гоголева Евдокия Васильевна. “Сэдэх көстүүлээх табаар” - Павлова Татьяна Владиславовна (Танара орто оскуолатын 10 кылааһын салайааччыта). Быыстапка-дьаарбаҥкаҕа: 1 миэстэлээх тэрилтэ - СПК “Сайылык”, 1 миэстэлээх ИП ГКФХ Дьяконов А.П. ЛПХ - лар уонна оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар. СПК “Сайылык” үлэтин опытын билиһиннэрдэ. Сайыҥҥы кэмҥэ фермаҕа үлэлээбит оскуола оҕолоругар харчынан бириэмийэ туттарда. Агроэкологическай хайысхалаах оскуола уонна ол иһигэр үлэлиир сайыҥҥы лааҕырдар отчуоттаатылар, оҕолорго махтал сурук туттардылар. Дьаарбаҥка көхтөөхтүк, туһалаахтык ааста. Олохтоох тэрийэр бөлөх Хаартыскалар https://drive.google.com/drive/folders/1pha8Qshlw9NffUhNelTesB0_sgVMfZs8?usp=drive_link